SlideShare a Scribd company logo
Үтүө күн буолуохтун, күндү доҕоттор!
Мин Сулустаана Мыраан диэммин. Саха Сиригэр химическэй собуот тутулларын
истээт даҕаны, хара маҥнайгыттан турунан туран утарсар үлэ ыыта сылдьабын.
Маннык собуот биһиги уйан айылҕалаах сирбитигэр, аһаан-сиэн олорор Эбэбит
үрдүгэр тутуллара - эстиибит төрдө буолуо диэн кытаанах өйдөбүллээхпин. Ону
таһынан,туох барыта наукаҕа олоҕурарын, быһаарыыта судургу, өйдөнүмтүө буоларын
ордоробун. Ол гынан баран материальнайтан ураты атын эмиэ баарын итэҕэйэр
буолан сылдьабын. Мин туспунан араас саҥалар тахсыахтарын өйдөөтөрбүн, онтон
салыннарбын даҕаны, эһиэхэ, бар дьоммор, этитии кэлбитин тиэрдэргэ сананным.
Муус устар 27 күнүгэр, Майаҕа, химзаводу утарар миитин буолбута. Онно барар
кыаҕа суох буолан, сарсыарда, Ленин болуоссатыгар химзаводу утарар пикетпэр
тахсарбар "саатар мэҥэлэри өйүүр сурукта сурунан тахсыахха" диэн санааттан улахан
соҕус кумааҕы көрдөнөр түбүгэр түстүм. Ол сылдьан 4-5 сыл анараа өттүгэр оҥорбут
уруһуйдарбын булан ылан көрөн баран, кэргэмминээн соһуйуу бөҕөтүн соһуйдубут.
2010 сыллаахха Алексей Иванович Божедонов-Сырдык "айдарыылаах киһи эбиккин,
онтугун арыйыахха наада "диэн биир куну супту турунан туран арыйбыта. Ол
сарсыныгар эмискэ уруһуйдуохпун баҕаран турбутум уонна туох эрэ долгун иhигэр
киирэн олорон хас даҕаны уруһуйу оҥорбутум. Бары да дьиибэ уруһуйдар. Уҥаттан
хаҥас диэки барар дьикти буукубаларынан суруйталаабыппын.
• Сырдык миигин арыйарыгар иннибэр олорон
харахпын саптаран баран хомуска
оонньообутугар, арай, улахан баҕайы
булгунньах анныгар турар буолан хааллым...
хантан эрэ үөһэттэн ыраахтан, онтон чугаһаатар
чугаһаан оһуохайдыыр саҥа иһиллэн киирэн
барда... Хантайан халлааны көрбүтүм саха
бухатыырдарын курдук колчуга таҥастаах
уонтан тахса эр дьон уонна дьахтар
илиилэриттэн сиэттиһэн оһуохайдыы
сылдьаллар эбит. Алларааттан туран көрдөрбүн
даҕаны таҥастарын ойуутун отой чуолкай
көрбүппүн өйдүүбүн. Дьонум оһуохайдара
түргэтээтэр түргэтээн, эрчимирэн,
дуораһыйан,күүһүрэн киирэн барбыта.
• Онтон ол туран, аллараа диэки көрбүтүм,
арай,куорат көстөр эбит. Мин ити аата сир
уонна халлаан икки ардыгар турар эбиппин. Ол
куорат аттынан өрүс устар. Куорат уулуссатын
уонна болуоссатын толору элбэх баҕайы киһи
икки атахтарыгар тобуктаан , мэлииппэ ааҕар
курдук илиилэрин холбуу тутан били
оһуохайдыы турар дьонтон тугу эрэ
көрдөһөллөр.
• Көрбүппүн Сырдыкка эппиппэр, туох эрэ
буолаары гыннаҕа, кэлин бэйэтэ биллиэ
буоллаҕа диэбитэ. Ол уруьуйум бу баар.
• Бу ураьа онорбуппун. Маны
уруьуйдуу олорон кып-кыра
чаастартан тигиллибит диэн
онорон иьэн, эс хайдах оннук
буолуой? диэн улаатыннаран
биэрбиппин ейдуубун. Бу быыкаа
чаастарын онорон испитим баар
эбит. Билигин, Мандар уус оноро
сылдьа туос ураьата эбитэ дуу,
дии саныыбын. 5 сыллаа5ыта
туос ураьа туьунан кэпсэтиилэр
тахсаллара дуо? Бэйэм ейдеебет
эбиппин.
• Бу дьикти баҕайы маһы
ойуулаабыт уруһуйбун көрүҥ . Бу
маннык маһы айылҕаҕа
көрбөтөҕүм. Ааспыкка ,"тугу этэр
уруһуй эбитэ буолла ? " диэн
саныы сытан утуйан хаалбытым.
Сарсыарда тураат да5аны
идэбинэн сонун аа5аары
интернеты арыйа баттаат,
Кангаласска тутуу
матырыйаалын оҥорор ,маһы
кэрдэр,таҥастыыр ТОСЭР
туталларын утарсар дьон
туьунан суруллубукка
хараҕкэтиллибитэ. Тута бу
уруьуйбун санаан кэлбитим
.Көрөргүт курдук, ойуум "
тыыннаах мас" диэн суруктаах,
тыа, хонуу барыта
уруһуйдаммыт." Тыаны - маһы
мээнэ кэрдимэҥ,айыл5аны
урусхаллаамаҥ ! " диэтэхтэрэ.
• "Александр Сергеевич Артемьев-Кулан
бастакы улахан алгыһыгар бара сылдьыҥ
этэ« диэн кыьын эмискэ Сырдык
эрийбитигэр кэргэмминээн барбыппыт.
• Онно тиийэн көрбүппүн бу то5о эрэ биир
ый буолан баран уруһуйдаабыппын.
• Кулан алгыс туьэрэр кэмигэр кербуппун
кэпсиэм.
• Бу алгысчыт этэ олорор. Ол кэмнэ икки
кынат дьахталлара харахтарын сабан
баран отой синхронно туттан-хаптан
хамсаныылары онороллор. Сотору
буолан баран, харана5а самолетунан
көтөн иьэн түүҥҥү куораты көрдөххө уот
линиялара умайан көстөллөр буолбат
дуо,ол курдук уот утахтар өрө
куһугураан киирдилэр уонна сыана диэки
субуруьан тиийэн үөһэ тахсан сутэн
хааллылар. Онтон тута кыһын ааны
арыйдахха тымныы салгын бургучуйан
киирэрин курдук будулҕан киирэн сыана
диэки уһунна. Онно тиийиитигэр ол
иһиттэн сүрдээх улахан куба силуэта үөһэ
көтөн тахсаат симэлийэн хаалла. Онтон
хотой силуэта таҕыста уонна эмиэ үөһэ
көттө, ол кэннэ,арай,мин көрдөхпүнэ,
сыгынньах төбөлөөх, моойдоох хотой
таҕыста уонна эмиэ көтөн тахсаат сүтэн-
симэлийэн хаалла.
• Дьиэбэр баран иһэн кэргэммэр хаарга
ойуулуу - ойуулу ону кэпсээтим. Киһим:"
Сыана диэки дьикти ба5айытык көрөн
баран олороруҥ" диир. Ити сыгынньах
төбөлөөх омук хотойо туохха көһүннэҕэй
диэн дьиибэргээтибит а5ай.
Дьиэбитигэр кэлэн баран алгыска сылдьан бастакыбытын ылбыт
"Кистэлэн Күүс" сурунаалбытын арыйан ааҕа сытар кэргэним аймана
тустэ: « Кэлэн көрүүуй,бу били хотойдоруҥ туьунан суруйбуттар дии "
диэтэ. Онно аахпыпытынан Америка индиецтэригэр бу курдук номох
баар эбит: хоту уонна соҕуруу полушариелар хотойдоро биир
халлаанна көрсөн бииргэ көттөхтөрүнэ, бу сиргэ эйэ,гармония кэлиэ
диэн буолар эбит. Бу уопсайынан суругуттан да кердеххе туох эрэ
наьаа суолталаа5ы этэр уруһуй дии саныыбын.Куба тугу этэр символ
эбитэ буолл? Нам улууһун тотемнай знага буоларын эрэ билэбин.
Оттон бу уруһуйга ким буолуой ? Бу Өлүөнэ
Эбэ уобараһын ойуулаабыппын. Лена өрүһү!
Маны бу соторутаа5ыта Сырдыкка
көрдөрбүппэр киһим: « Кырдьык, Эбэбит бу
маннык, мин элбэхтик көрбүтүм» - диэбитэ.
«Уонна кини наһаа кэрэ ырбаахылаах,
төбөтугэр бастыҥалаах, ол бастыҥата чөмчуук
таастардаах» - диэн кэпсии олордоҕуна
уруһуйбун эргитэн өрүспүт бу толору
уруhуйдаммытын көрдөрдүм. Манна
көрүҥҥүтүүй, бастыҥатын киэргэлэ сахалыы
оһуор буолбатах, таастар ээ.
Лена өрүс уобараһын 5 сыллаа5ыта мээнэҕэ
уруһуйдаабатах буолуохтаахпын. Субу кэмҥэ-
тугэҥҥэ арыллыахтаах, кэпсэниллиэхтээх
этитии буолуо диэн саба5алыыбын. Бу
уобараһы көрөн баран, дьон-сэргэ : ".Өрүскүт
барахсан бу маннык тыыннаах, кэрэ бэйэлээх !
Кинини харыстааҥ, көмүскээҥ ! « диэн
өйдөбүлү тириэрдээри, һбу миигин, сатаан
уруҥуйдаабат киьини уруһуйдаттахтара буолуо
дии саныыбын.
• Уруһуйдарбын уеһэттэн айдарыылаах дьоммутугар
Харатаалаҕа,Сырдыкка,Куланҥа уонна Марианна
Михайловна Тимофееваҕа көрдөрбүтүм. Бары : «Этитии
кэлбит, дьиҥнээҕи кэпсиигин" диэн итэҕэйбиттэрэ, биир
даҕаны киһи саарбахтаабатаҕа!
• Билигин бу курдук санааҕа кэлэн сылдьабын: Үрдүкү
күүстэрбит: » Өрүскүтүн харыстааҥ,айылҕаҕытын
алдьатымаҥ!» диэн сэрэтии ыыппыттар. Ону хайаан
даҕаны толордохпутуна сатанар. Онтон атын суол суох!
• Ону ситиһэргэ бу эмиэ Майаҕа буолбут миитин күнүн
курдук , оруобуна , 27 чыыһылаҕа Дьокуускайга буолар
миитиҥҥэ бука бары түмсэн сирбитин-уоппутун, Ийэ
Айылҕабытын, Эбэбэтин көмүскүөҕүҥ! Эбэбит бэйэтин
көмүскэтээри быйыл эрдэ баран, муустан ыраастанан,
ууннан айанын суолун арыйда. Кытаатан ону
туһаныа5ыҥ!
• Арассыыйа Президенигэр Владимир Владимирович
Путинна: "Саха Сиригэр айылҕаны суһурдэр собуоттары
тутары көнүллээбэппит! Аан Дойдуга кутталы суоһатыма,
манна айылҕаны алдьаттаххытына сиргэ барытыгар
охсуулаах буолуо !" диэн кытаанах туруорсуута
суруйуоҕуҥ! Бу биһиги олорор сирбит, онон итинник
туруорсар толору бырааптаахпыт! Турунуоҕуҥ!
Сомоҕолоһуоҕуҥ! Ийэ Сирбитин харыстыаҕыҥ!
•

More Related Content

Featured

PEPSICO Presentation to CAGNY Conference Feb 2024
PEPSICO Presentation to CAGNY Conference Feb 2024PEPSICO Presentation to CAGNY Conference Feb 2024
PEPSICO Presentation to CAGNY Conference Feb 2024
Neil Kimberley
 
Content Methodology: A Best Practices Report (Webinar)
Content Methodology: A Best Practices Report (Webinar)Content Methodology: A Best Practices Report (Webinar)
Content Methodology: A Best Practices Report (Webinar)
contently
 
How to Prepare For a Successful Job Search for 2024
How to Prepare For a Successful Job Search for 2024How to Prepare For a Successful Job Search for 2024
How to Prepare For a Successful Job Search for 2024
Albert Qian
 
Social Media Marketing Trends 2024 // The Global Indie Insights
Social Media Marketing Trends 2024 // The Global Indie InsightsSocial Media Marketing Trends 2024 // The Global Indie Insights
Social Media Marketing Trends 2024 // The Global Indie Insights
Kurio // The Social Media Age(ncy)
 
Trends In Paid Search: Navigating The Digital Landscape In 2024
Trends In Paid Search: Navigating The Digital Landscape In 2024Trends In Paid Search: Navigating The Digital Landscape In 2024
Trends In Paid Search: Navigating The Digital Landscape In 2024
Search Engine Journal
 
5 Public speaking tips from TED - Visualized summary
5 Public speaking tips from TED - Visualized summary5 Public speaking tips from TED - Visualized summary
5 Public speaking tips from TED - Visualized summary
SpeakerHub
 
ChatGPT and the Future of Work - Clark Boyd
ChatGPT and the Future of Work - Clark Boyd ChatGPT and the Future of Work - Clark Boyd
ChatGPT and the Future of Work - Clark Boyd
Clark Boyd
 
Getting into the tech field. what next
Getting into the tech field. what next Getting into the tech field. what next
Getting into the tech field. what next
Tessa Mero
 
Google's Just Not That Into You: Understanding Core Updates & Search Intent
Google's Just Not That Into You: Understanding Core Updates & Search IntentGoogle's Just Not That Into You: Understanding Core Updates & Search Intent
Google's Just Not That Into You: Understanding Core Updates & Search Intent
Lily Ray
 
How to have difficult conversations
How to have difficult conversations How to have difficult conversations
How to have difficult conversations
Rajiv Jayarajah, MAppComm, ACC
 
Introduction to Data Science
Introduction to Data ScienceIntroduction to Data Science
Introduction to Data Science
Christy Abraham Joy
 
Time Management & Productivity - Best Practices
Time Management & Productivity -  Best PracticesTime Management & Productivity -  Best Practices
Time Management & Productivity - Best Practices
Vit Horky
 
The six step guide to practical project management
The six step guide to practical project managementThe six step guide to practical project management
The six step guide to practical project management
MindGenius
 
Beginners Guide to TikTok for Search - Rachel Pearson - We are Tilt __ Bright...
Beginners Guide to TikTok for Search - Rachel Pearson - We are Tilt __ Bright...Beginners Guide to TikTok for Search - Rachel Pearson - We are Tilt __ Bright...
Beginners Guide to TikTok for Search - Rachel Pearson - We are Tilt __ Bright...
RachelPearson36
 
Unlocking the Power of ChatGPT and AI in Testing - A Real-World Look, present...
Unlocking the Power of ChatGPT and AI in Testing - A Real-World Look, present...Unlocking the Power of ChatGPT and AI in Testing - A Real-World Look, present...
Unlocking the Power of ChatGPT and AI in Testing - A Real-World Look, present...
Applitools
 
12 Ways to Increase Your Influence at Work
12 Ways to Increase Your Influence at Work12 Ways to Increase Your Influence at Work
12 Ways to Increase Your Influence at Work
GetSmarter
 
More than Just Lines on a Map: Best Practices for U.S Bike Routes
More than Just Lines on a Map: Best Practices for U.S Bike RoutesMore than Just Lines on a Map: Best Practices for U.S Bike Routes
More than Just Lines on a Map: Best Practices for U.S Bike Routes
Project for Public Spaces & National Center for Biking and Walking
 
Ride the Storm: Navigating Through Unstable Periods / Katerina Rudko (Belka G...
Ride the Storm: Navigating Through Unstable Periods / Katerina Rudko (Belka G...Ride the Storm: Navigating Through Unstable Periods / Katerina Rudko (Belka G...
Ride the Storm: Navigating Through Unstable Periods / Katerina Rudko (Belka G...
DevGAMM Conference
 
Barbie - Brand Strategy Presentation
Barbie - Brand Strategy PresentationBarbie - Brand Strategy Presentation
Barbie - Brand Strategy Presentation
Erica Santiago
 
Featured (20)

ChatGPT webinar slides
ChatGPT webinar slidesChatGPT webinar slides
ChatGPT webinar slides
 
More than Just Lines on a Map: Best Practices for U.S Bike Routes
More than Just Lines on a Map: Best Practices for U.S Bike RoutesMore than Just Lines on a Map: Best Practices for U.S Bike Routes
More than Just Lines on a Map: Best Practices for U.S Bike Routes
 
Ride the Storm: Navigating Through Unstable Periods / Katerina Rudko (Belka G...
Ride the Storm: Navigating Through Unstable Periods / Katerina Rudko (Belka G...Ride the Storm: Navigating Through Unstable Periods / Katerina Rudko (Belka G...
Ride the Storm: Navigating Through Unstable Periods / Katerina Rudko (Belka G...
 
Barbie - Brand Strategy Presentation
Barbie - Brand Strategy PresentationBarbie - Brand Strategy Presentation
Barbie - Brand Strategy Presentation
 
презентация рисунков

  • 1. Үтүө күн буолуохтун, күндү доҕоттор! Мин Сулустаана Мыраан диэммин. Саха Сиригэр химическэй собуот тутулларын истээт даҕаны, хара маҥнайгыттан турунан туран утарсар үлэ ыыта сылдьабын. Маннык собуот биһиги уйан айылҕалаах сирбитигэр, аһаан-сиэн олорор Эбэбит үрдүгэр тутуллара - эстиибит төрдө буолуо диэн кытаанах өйдөбүллээхпин. Ону таһынан,туох барыта наукаҕа олоҕурарын, быһаарыыта судургу, өйдөнүмтүө буоларын ордоробун. Ол гынан баран материальнайтан ураты атын эмиэ баарын итэҕэйэр буолан сылдьабын. Мин туспунан араас саҥалар тахсыахтарын өйдөөтөрбүн, онтон салыннарбын даҕаны, эһиэхэ, бар дьоммор, этитии кэлбитин тиэрдэргэ сананным. Муус устар 27 күнүгэр, Майаҕа, химзаводу утарар миитин буолбута. Онно барар кыаҕа суох буолан, сарсыарда, Ленин болуоссатыгар химзаводу утарар пикетпэр тахсарбар "саатар мэҥэлэри өйүүр сурукта сурунан тахсыахха" диэн санааттан улахан соҕус кумааҕы көрдөнөр түбүгэр түстүм. Ол сылдьан 4-5 сыл анараа өттүгэр оҥорбут уруһуйдарбын булан ылан көрөн баран, кэргэмминээн соһуйуу бөҕөтүн соһуйдубут. 2010 сыллаахха Алексей Иванович Божедонов-Сырдык "айдарыылаах киһи эбиккин, онтугун арыйыахха наада "диэн биир куну супту турунан туран арыйбыта. Ол сарсыныгар эмискэ уруһуйдуохпун баҕаран турбутум уонна туох эрэ долгун иhигэр киирэн олорон хас даҕаны уруһуйу оҥорбутум. Бары да дьиибэ уруһуйдар. Уҥаттан хаҥас диэки барар дьикти буукубаларынан суруйталаабыппын.
  • 2. • Сырдык миигин арыйарыгар иннибэр олорон харахпын саптаран баран хомуска оонньообутугар, арай, улахан баҕайы булгунньах анныгар турар буолан хааллым... хантан эрэ үөһэттэн ыраахтан, онтон чугаһаатар чугаһаан оһуохайдыыр саҥа иһиллэн киирэн барда... Хантайан халлааны көрбүтүм саха бухатыырдарын курдук колчуга таҥастаах уонтан тахса эр дьон уонна дьахтар илиилэриттэн сиэттиһэн оһуохайдыы сылдьаллар эбит. Алларааттан туран көрдөрбүн даҕаны таҥастарын ойуутун отой чуолкай көрбүппүн өйдүүбүн. Дьонум оһуохайдара түргэтээтэр түргэтээн, эрчимирэн, дуораһыйан,күүһүрэн киирэн барбыта. • Онтон ол туран, аллараа диэки көрбүтүм, арай,куорат көстөр эбит. Мин ити аата сир уонна халлаан икки ардыгар турар эбиппин. Ол куорат аттынан өрүс устар. Куорат уулуссатын уонна болуоссатын толору элбэх баҕайы киһи икки атахтарыгар тобуктаан , мэлииппэ ааҕар курдук илиилэрин холбуу тутан били оһуохайдыы турар дьонтон тугу эрэ көрдөһөллөр. • Көрбүппүн Сырдыкка эппиппэр, туох эрэ буолаары гыннаҕа, кэлин бэйэтэ биллиэ буоллаҕа диэбитэ. Ол уруьуйум бу баар.
  • 3. • Бу ураьа онорбуппун. Маны уруьуйдуу олорон кып-кыра чаастартан тигиллибит диэн онорон иьэн, эс хайдах оннук буолуой? диэн улаатыннаран биэрбиппин ейдуубун. Бу быыкаа чаастарын онорон испитим баар эбит. Билигин, Мандар уус оноро сылдьа туос ураьата эбитэ дуу, дии саныыбын. 5 сыллаа5ыта туос ураьа туьунан кэпсэтиилэр тахсаллара дуо? Бэйэм ейдеебет эбиппин.
  • 4. • Бу дьикти баҕайы маһы ойуулаабыт уруһуйбун көрүҥ . Бу маннык маһы айылҕаҕа көрбөтөҕүм. Ааспыкка ,"тугу этэр уруһуй эбитэ буолла ? " диэн саныы сытан утуйан хаалбытым. Сарсыарда тураат да5аны идэбинэн сонун аа5аары интернеты арыйа баттаат, Кангаласска тутуу матырыйаалын оҥорор ,маһы кэрдэр,таҥастыыр ТОСЭР туталларын утарсар дьон туьунан суруллубукка хараҕкэтиллибитэ. Тута бу уруьуйбун санаан кэлбитим .Көрөргүт курдук, ойуум " тыыннаах мас" диэн суруктаах, тыа, хонуу барыта уруһуйдаммыт." Тыаны - маһы мээнэ кэрдимэҥ,айыл5аны урусхаллаамаҥ ! " диэтэхтэрэ.
  • 5. • "Александр Сергеевич Артемьев-Кулан бастакы улахан алгыһыгар бара сылдьыҥ этэ« диэн кыьын эмискэ Сырдык эрийбитигэр кэргэмминээн барбыппыт. • Онно тиийэн көрбүппүн бу то5о эрэ биир ый буолан баран уруһуйдаабыппын. • Кулан алгыс туьэрэр кэмигэр кербуппун кэпсиэм. • Бу алгысчыт этэ олорор. Ол кэмнэ икки кынат дьахталлара харахтарын сабан баран отой синхронно туттан-хаптан хамсаныылары онороллор. Сотору буолан баран, харана5а самолетунан көтөн иьэн түүҥҥү куораты көрдөххө уот линиялара умайан көстөллөр буолбат дуо,ол курдук уот утахтар өрө куһугураан киирдилэр уонна сыана диэки субуруьан тиийэн үөһэ тахсан сутэн хааллылар. Онтон тута кыһын ааны арыйдахха тымныы салгын бургучуйан киирэрин курдук будулҕан киирэн сыана диэки уһунна. Онно тиийиитигэр ол иһиттэн сүрдээх улахан куба силуэта үөһэ көтөн тахсаат симэлийэн хаалла. Онтон хотой силуэта таҕыста уонна эмиэ үөһэ көттө, ол кэннэ,арай,мин көрдөхпүнэ, сыгынньах төбөлөөх, моойдоох хотой таҕыста уонна эмиэ көтөн тахсаат сүтэн- симэлийэн хаалла. • Дьиэбэр баран иһэн кэргэммэр хаарга ойуулуу - ойуулу ону кэпсээтим. Киһим:" Сыана диэки дьикти ба5айытык көрөн баран олороруҥ" диир. Ити сыгынньах төбөлөөх омук хотойо туохха көһүннэҕэй диэн дьиибэргээтибит а5ай. Дьиэбитигэр кэлэн баран алгыска сылдьан бастакыбытын ылбыт "Кистэлэн Күүс" сурунаалбытын арыйан ааҕа сытар кэргэним аймана тустэ: « Кэлэн көрүүуй,бу били хотойдоруҥ туьунан суруйбуттар дии " диэтэ. Онно аахпыпытынан Америка индиецтэригэр бу курдук номох баар эбит: хоту уонна соҕуруу полушариелар хотойдоро биир халлаанна көрсөн бииргэ көттөхтөрүнэ, бу сиргэ эйэ,гармония кэлиэ диэн буолар эбит. Бу уопсайынан суругуттан да кердеххе туох эрэ наьаа суолталаа5ы этэр уруһуй дии саныыбын.Куба тугу этэр символ эбитэ буолл? Нам улууһун тотемнай знага буоларын эрэ билэбин.
  • 6. Оттон бу уруһуйга ким буолуой ? Бу Өлүөнэ Эбэ уобараһын ойуулаабыппын. Лена өрүһү! Маны бу соторутаа5ыта Сырдыкка көрдөрбүппэр киһим: « Кырдьык, Эбэбит бу маннык, мин элбэхтик көрбүтүм» - диэбитэ. «Уонна кини наһаа кэрэ ырбаахылаах, төбөтугэр бастыҥалаах, ол бастыҥата чөмчуук таастардаах» - диэн кэпсии олордоҕуна уруһуйбун эргитэн өрүспүт бу толору уруhуйдаммытын көрдөрдүм. Манна көрүҥҥүтүүй, бастыҥатын киэргэлэ сахалыы оһуор буолбатах, таастар ээ. Лена өрүс уобараһын 5 сыллаа5ыта мээнэҕэ уруһуйдаабатах буолуохтаахпын. Субу кэмҥэ- тугэҥҥэ арыллыахтаах, кэпсэниллиэхтээх этитии буолуо диэн саба5алыыбын. Бу уобараһы көрөн баран, дьон-сэргэ : ".Өрүскүт барахсан бу маннык тыыннаах, кэрэ бэйэлээх ! Кинини харыстааҥ, көмүскээҥ ! « диэн өйдөбүлү тириэрдээри, һбу миигин, сатаан уруҥуйдаабат киьини уруһуйдаттахтара буолуо дии саныыбын.
  • 7. • Уруһуйдарбын уеһэттэн айдарыылаах дьоммутугар Харатаалаҕа,Сырдыкка,Куланҥа уонна Марианна Михайловна Тимофееваҕа көрдөрбүтүм. Бары : «Этитии кэлбит, дьиҥнээҕи кэпсиигин" диэн итэҕэйбиттэрэ, биир даҕаны киһи саарбахтаабатаҕа! • Билигин бу курдук санааҕа кэлэн сылдьабын: Үрдүкү күүстэрбит: » Өрүскүтүн харыстааҥ,айылҕаҕытын алдьатымаҥ!» диэн сэрэтии ыыппыттар. Ону хайаан даҕаны толордохпутуна сатанар. Онтон атын суол суох! • Ону ситиһэргэ бу эмиэ Майаҕа буолбут миитин күнүн курдук , оруобуна , 27 чыыһылаҕа Дьокуускайга буолар миитиҥҥэ бука бары түмсэн сирбитин-уоппутун, Ийэ Айылҕабытын, Эбэбэтин көмүскүөҕүҥ! Эбэбит бэйэтин көмүскэтээри быйыл эрдэ баран, муустан ыраастанан, ууннан айанын суолун арыйда. Кытаатан ону туһаныа5ыҥ! • Арассыыйа Президенигэр Владимир Владимирович Путинна: "Саха Сиригэр айылҕаны суһурдэр собуоттары тутары көнүллээбэппит! Аан Дойдуга кутталы суоһатыма, манна айылҕаны алдьаттаххытына сиргэ барытыгар охсуулаах буолуо !" диэн кытаанах туруорсуута суруйуоҕуҥ! Бу биһиги олорор сирбит, онон итинник туруорсар толору бырааптаахпыт! Турунуоҕуҥ! Сомоҕолоһуоҕуҥ! Ийэ Сирбитин харыстыаҕыҥ! •